Төрөппүттэргэ
***
"Ребенок и компьютерная зависимость: проблемы и пути решения"
***
Дьиэ кэргэнинэн дорҕоонноохтук ааҕыы
Аан дойдуга үйэ тухары кинигэ оҕо сайдыытыгар, оҕону иитиигэ сүрүн көмөлөһөөччү этэ. Онтон дьиэ кэргэнинэн кинигэни ааҕыы сынньалаҥ биир тарҕаммыт көрүҥэ буолара. Киинэ, онтон телевидение сайдан истэҕин аайы кинигэни ааҕыы кэтэх диэки анньыллан испитэ.
Билиҥҥи кэмҥэ оҕону сайыннарар өйдөөх электроннай оонньуулары, оонньуурдары, гаджеттары таһаарар бүтүн индустриялар үөскээтилэр. Бу оонньуулар оҕону булугас өйдөөх, сымсаҕай, болҕомтолоох оҥороллор дииллэр, ону да таһынан араас туһалаах үөрүйэхтэри иҥэрэллэр эбит. Дьэ ити үлүгэр үчүгэйтэн ордорон оҕо психологтара дьиэ кэргэнинэн кинигэни ааҕыыга төннөр туһалааҕын туһунан кэпсэтиини таһаараллара элбээтэ. Тоҕо?
Аныгы төрөппүттэр о5олорун эт- хаан, өй өттүнэн сайыннарарга элбэх сыраларын биэрэллэр эбит эрээри сиэр- майгы, үтүө сигили өттүнэн иитэллэрэ доҕолоҥнуурун бэлиэтииллэр. Чуолаан дьиэ кэргэҥҥэ эрэ оҕо киһи быһыытынан иитиллэн тахсар: олоҕу көрүүтэ, тутта- хапта сылдьыыта, олоҕун майгыта. Дьэ бу иитиигэ уус- уран айымньыны солбуйар көмөлөһөөччү көстө илик. Уус-уран кинигэ эрэ оҕо уйан дууһатын долгутан, дууһа нарын утахтарын таарыйан аһынарга, санаарҕыырга, атын киһини өйдүүргэ иитиэ-үөрэтиэ. Онон кинигэни оҕону иитэргэ сүрүн көмөлөһөөччү оҥостор тоҕоостоох.
Тугу ааҕыахха
Оҕо сааһыгар сөп түбэһэр, оҕоҕо интэриэһинэй, үчүгэй тылынан суруллубут, толкуйдатар кинигэлэри талар наада. Аныгы кэмҥэ урукку курдук цензура суох буолан дьэрэкээн ойуулаах тас иһигэр хобдох, туох да туһата суох мөлтөх кинигэ элбээбитэ кистэл буолбатах. Үчүгэй кинигэттэн оҕо ааҕыыттан дуоһуйууну ыла үөрэниэ, дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны үөрэ- көтө күүтэр буолуоҕа.
Дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны хайдах сөпкө тэрийиэххэ
Оҕо ааҕа үөрэниэр дылы улахаттар ааҕан биэрэллэр. Оннук буолуохтаах даҕаны. Элбэх дьиэ кэргэҥҥэ утуйуох иннинэ оҕоҕо ааҕыы үгэһэ баар. Төрөппүт үөрүөн иһин ийэтэ, аҕата таптыыр остуоруйатын ааҕа иликтэринэ утуйбат оҕолор аҕыйах буолбатахтар. Дьэ ол эрээри, соһуйуох иһин улаатан истэҕин аайы бу оҕобут кинигэни, ааҕыыны сэҥээрбэт буолан иһэр. Арай санаан көрдөххө оччо таптаан истэр эрээри ааҕа үөрэнээт бэйэтэ кинигэтин кыбына сылдьыахтаах этэ буоллаҕа дии. Онтон кини оннооҕор учебнигын ааҕарын ыарырҕыыр. Туохтан маннык буоларый?
Оскуолаҕа барбыт, улааппыт саҕа санана сылдьар оҕо утуйуох иннинэ ааҕыыны бүтэйдии ааспыт кыра оҕо сааһын кытта сибээстиир эбит. Онтон атын кэмҥэ төрөппүттэрэ киниэхэ кинигэ аахпатахтар,аахпыт кинигэлэрин туһунан туох санаалааҕын ыйытан кэпсэппэтэхтэр, уопсайынан ааҕыы кинилэри угуйарын көрдөрбөтөхтөр. Ол аата бу ыалга дьиэ кэргэнинэн ааҕыы үөскээбэтэх. Бу маны билинэн туран төрөппүттэр саҥа үгэһи үөскэтэргэ дьулуһуохтарын наада.
Үгэс үөскүүрүн наадатыгар тоҕоостоох бары бииргэ мустар кэми, күнү анаан ыксаабакка – тиэтэйбэккэ, сөптөөх кинигэни талан саҕалыыр ордук диэн сүбэлииллэр.
Оҕону угуйар гына хайдах ааҕыахха
Тиэтэйбэккэ, өйдөнөр гына чуолкайдык, куолаһы араастаан уларытан аахтахха – оҕо истэ олорон хартыына курдук өйүгэр оҥорон көрүө. Кэнники, бэйэтэ ааҕа үөрэннэҕинэ уочараттаһан бэйэтигэр эмиэ аахтарыахха сөп. Бу түгэҥҥэ төрөппүт туран баран хаалбакка болҕомтолоох истээччигэ кубулуйар. Талбыт кинигэҕит улахан буоллаҕына барытын биир киэһэ ааҕан бүтэрэргэ дьулуспакка хас да киэһэҕэ үллэриэххэ. Ааҕыы 15-20 мүнүүтэттэн уһаабат ордук.
Аахпыты ырытан кэпсэтэр тоҕо наадалааҕый Ааҕа олорон, эбэтэр ааҕан бүтээт хайаан да аахпыты дьүүллэһэр, кэпсэтэр олус туһалаах эбит. Кинигэ геройдарын тас көрүҥнэрин, тутта- хапта сылдьалларын, быһыыларын- майгыларын туһунан тугу саныырын ыйытын. Хайаан да толкуйдатан, бэйэтэ туох эрэ санааҕа кэлэрин көҕүлүөххэ. Оҕоҥ санаата, толкуйа эйигин кытта сөп түбэһиэхтээх диэн буолбатах: дьиэ кэргэнинэн уус – уран айымньыны ааҕыы үчүгэй өрүтэ иннэ сытар! Аахпыты тула санааны атастаһыы, мөккүһүү туһата:
• Тэҥнээх курдук кэпсэтии дьиэ кэргэни чугасаһыннарар, төрөппүт уонна оҕо бэйэ- бэйэлэригэр эрэнэллэрэ, итэҕэйэллэрэ дириҥиир;
• Дорҕоонноохтук ааҕыы оҕо өйүн- санаатын сайыннарар, тылын саппааһын байытар, билиитин- көрүүтүн кэҥэтэр, уйулҕатын күүһүрдэр, араас саҥа иэйиилэри үөскэтэр;
• Аахпыты тула кэпсэтии оҕо толкуйун сайыннарар, санаатын сайа этэ, бэйэтин санаатын туруулаһан көмүскүү, атын санаалаах киһини тулуйан истэ, атыттар сөптөөх этиилэрин кытта сатаан сөбүлэһэ, бэйэ сыыспытын билинэ үөрэнэр. Бу оҕо эрдэҕиттэн дьиэтигэр иитиллибит сатабыллар улахан киһи буоллаҕына олоҕор төһөлөөх көмөлөөх буолуохтарай…
• Дьэ уонна дьиэ кэргэнинэн ааҕыы туһатыгар саамай сүрүн аргумент: ааҕааччыга туһуламмыт уус- уран айымньы сүрдээх улахан, тугунан да кэмнэммэт иитэр суолтата буолар. Психология этэринэн,иэйии киһи подсознаниетыгар дьайыыта эт өйгө этэрдээҕэр быдан күүстээх. Холобур, кырачааҥҥа сүүстэ да: «Куосканы кутуругуттан соһума»- диэн тугу да ситиһимиэххэ сөп. Онтон кыылы аһыннарар ис хоһоонноох кинигэни бииргэ ааҕан, кэпсэтэн оҕо бэйэтэ “Кыыл эмиэ ыалдьар эттээх, хоргутар дууһалаах” диэн санааҕа кэллэҕинэ аны кыыллары сордуо суоҕа диэн эрэниэххэ сөп. Тастан куттаан туран соҥнооһун түмүгэр буолбакка оҕо бэйэтэ аахпытыттан сиэттэрэн аһынан маннык санааҕа кэлэрэ хайаан да наада. Бу маннык дууһа үлэтин түмүгэ оҕону майгы- сигили өттүнэн иитэр, олохтоох өйдөбүллэри үөскэтэр, үчүгэйи куһаҕантан араара үөрэтэр. Оҕо эргиччи сайдыылаах, бэйэтэ тус көрүүлэрдээх уонна онтуларын сатаан туруулаһан көмүскүүр кыахтаах киһи буола улаатар.
Матырайаалы бу сайтан ыллым Тааттатааҕы оҕо библиотеката
Комментарии
Отправить комментарий