Сонуннар

 ***
Олунньу 13 күнэ— сахалартан бастакы тыл үөрэхтээх учуонай, уhулуччулаах сырдатааччы, саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи, сахалыы тылынан бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут, бэчээттэтэн таһаарбыт Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ.
1996 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнин Михаил Николаев ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ Төрөөбүт тыл, сурук­ бичик күнүнэн биллэриллибитэ.

Семен Андреевич Новгородов (1892-1924) саха омук интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, сахалыы маассабай суругу-бичиги уонна бастакы алпаабыты төрүттээбит, сахалартан бастакы лингвист-учуонай төрөөбүтэ олунньу 13 күнүгэр 130 сылы бэлиэтиибит. Кини төрөөбүт ийэ тыл кэҥииригэр, тускута  туругурарыгар үлэлэспитэ. Семен Новгородов алпаабыта шириипкэ кутуллубутун түмүгэр "Сурук-бичик" сахалыы букубаар уонна "Ааҕар кинигэ" утуу-субуу бэчээттэнэн тахсыбыттара. 
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ С.А. Новгородов суруйбут сахалыы сурук-бичик, оҕо ааҕар кинигэтин, бастыҥ киһибит туһунан киирэн көрүҥ, ааҕыҥ, сэргээҥ! 📚

📔 Сахалыы сурук-бичик: оҕо ааҕар кинигэтиниин.
https://school.e.nlrs.ru/open/9939
📔 Бастааҥҥы сурук-бичик. 
https://school.e.nlrs.ru/open/9943
📔 Ааҕар кинигэ. 
https://school.e.nlrs.ru/open/8630
📔 Новгородов, С.А. Первые шаги якутской письменности: статьи и письма. 
https://school.e.nlrs.ru/open/11103
📔 Новгородов, С.А. Во имя просвещения родного народа.
https://school.e.nlrs.ru/open/11012
📔 Лингвист Семен Андреевич Новгородов : хаартыскалар, докумуоннар, ыстатыйалар. 
https://school.e.nlrs.ru/open/4956
📔 С.А.Новгородов и новое в якутском языкознании: сборник статей. 
https://school.e.nlrs.ru/open/11052
🎞 Семен Андреевич Новгородов олоҕун оҥкуллара:(видеоролик) https://school.e.nlrs.ru/open/52749
СӨ Национальнай библиотекатын сайтыгар киирэн регистрацияланыҥ, кинигэлэри босхо ааҕыҥ.
*Түргэн регистрация* ссылката https://e.nlrs.ru/register. *Ыйытыылаах буоллаххытына* сайт чатыгар суруйан эбэтэр (4112) 45-58-55, +7 924 860-10-34 нүөмэрдэргэ эрийэн билсиҥ.
***
1 кылаас оҕолоругар 
"Волшебный рюкзачок" айаннаата.
***

6 кылаас коллектива  "Г
од чтения в Вилюйской школе" челленджкэ кытынна.
***
2022 сыл үөрэх эйгэтигэр - Ааҕыы сыла. 
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Ирина Любимова үүммүт 2022 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр Ааҕыы сылынан биллэрдэ.

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/2022-syl-reh-ejgetiger-aa-yy-syla/
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Ирина Любимова үүммүт 2022 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр Ааҕыы сылынан биллэрдэ.

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/2022-syl-reh-ejgetiger-aa-yy-syla/
2022 сыл үөрэх эйгэтигэр – Ааҕыы сыла

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/2022-syl-reh-ejgetiger-aa-yy-syla/
2022 сыл үөрэх эйгэтигэр – Ааҕыы сыла

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/2022-syl-reh-ejgetiger-aa-yy-syla/
2022 сыл үөрэх эйгэтигэр – Ааҕыы сыла

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/2022-syl-reh-ejgetiger-aa-yy-syla/
 
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Ирина Любимова үүммүт 2022 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин эйгэтигэр Ааҕыы сылынан биллэрдэ.
  
***
Ыам ыйын 31 күнэ - Аан дойдуга Табаҕа суох күн (World No Tobacco Day). 2020 сыллаахха бу күн сүрүн болҕомтото табаҕы оҥорон таһаарааччылар уонна атыылааччылар ыччаты сутуйар бэлиитикэлэригэр туһаайыллар
Национальная библиотека РС (Я) представляет виртуальную выставку Жизнь без табака 🚭https://nlrs.ru/exhibitions/jizn-bez-tabaka/
🚭 31 мая - ежегодно проводится Всемирный день без табака (Всемирный День борьбы против курения) - международная акция по борьбе с курением, т. е. день, свободный от табачного дыма. Он был установлен в 1988 году Всемирной организацией здравоохранения (ВОЗ).
🧑🏻‍💻Консультации по услугам библиотеки вы можете получить на сайте в режиме чата https://nlrs.ru/ и по номеру кол-центра: 📲 8 (4112) 45-58-55

***

 Ыам ыйын 15 күнэ — аан дойдуга дьиэ кэргэн күнэ. Бырааһынньык идеята өссө 1989 сыллаахха аһаҕастык этиллибитэ. ХНТ Генассамблеялара дьиэ кэргэн кыһалҕаларыгар болҕомтону уурар сыалтан, 1994 сыллаахха норуоттар икки ардыларынааҕы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Ити иннинэ 1993 сыллаахха бу бэлиэ күн баар буоларын быһаарбыта. Бу күн ыал балаһыанньатыгар социальнай-экономическай уонна демографическай боппуруостар дьайыыларын дириҥэтэн үөрэтиигэ ананар.
***
Мин сибэкки буолбатахпын.
Ол эрэн, оһуор от кэриэтэ,
Сырдык тыыннааҕым бэлиэтэ -
Сылааһы таптыыр дууһалаахпын.
Ол иһин, күүтэбин: хаһан эрэ
Мин хатан эрэр лабаабар,
Өҥө суох бороҥ таһаабар
Күөххэ тапталы дьон көрүөхтэрэ. 
                                                                                      (Варвара Потапова)
 

Сахаттан маҥнайгы поэтесса Варвара Николаевна Потапова ыам ыйын 13 күнүгэр
баара буоллар быйыл 75 сааһын туолуо этэ.

 Сегодня 75 лет со дня рождения Варвары Николаевны Потаповой одной из первых якутских поэтесс. Якутская поэзия была создана, во многом, поэтами - мужчинами. И роль поэта и поэтического творчества мы понимаем через их мужской взгляд. В Якутской поэзии XX века была молодая талантливая женщина-поэт Варвара Потапова, за недолгую жизнь она оставила неизгладимый след в Якутской поэзии. Национальная библиотека РС(Я) предлагает Вам прочесть сборники стихов В.Н. Потаповой:
Куннээх халлаан https://e.nlrs.ru/online2/23101
Үчүгэйиэн бу сиргэ https://e.nlrs.ru/open/14582
Кэлэр кэмнэргэ кэриэһим https://e.nlrs.ru/online2/16354
Самостоятельная регистрация на сайте Национальной библиотеки РС (Я): https://e.nlrs.ru/register Консультации по услугам библиотеки вы можете получить на сайте в режиме чата https://nlrs.ru/ и по номеру кол-центра линии: 8 (4112) 45-58-55
***
 
Ыам ыйын 9 күнэ- өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы күнэ! Аҕаларбыт, эһэлэрбит, эбэлэрбит, чугас дьоммут бу Улуу Кыайыыны ситиспит үтүөлэрин хаһан да умнуо суохтаахпыт. Кинилэргэ сүгүрүйүөхтээхпит,  кинилэри ытыктыахтаахпыт.  
 ___
Прямой эфир с торжественного митинга к 76-й годовщине Великой Победы, г. Вилюйск
 ___
 В электронной библиотеке Национальной библиотеки РС (Я) собраны коллекции, посвященные подвигу якутян в Великой Отечественной войне, представлены сборники архивных документов, материалы о якутянах, сражавшихся на разных участках фронтов Великой Отечественной войны, очерки о ветеранах войны и тыла.
📚 Вклад якутян в Великую Победу https://e.nlrs.ru/collections/529
📚 Писатели Якутии о войне https://e.nlrs.ru/collections/525
📚 Якутяне – участники Великой Отечественной войны https://e.nlrs.ru/collections/528
📚 Письма с фронта https://e.nlrs.ru/collections/527 солдатские письма, дневники, воспоминания
📚 Мы помним https://e.nlrs.ru/collections/526 собраны книги-мемориалы воинам-якутянам, ветеранам тыла
📚 Писатели Якутии – участники Великой Отечественной войны https://e.nlrs.ru/collections/1101 В данной подборке представлены произведения двадцати якутских писателей – участников Великой Отечественной войны, а также литература о их жизни и творчестве.
📚 Книги, изданные в Якутии в годы Великой Отечественной войны https://75.e.nlrs.ru/collections/1272 В данную подборку вошли как общественно-политические издания, так и художественная литература, изданная в Якутии в 1941-1945 гг.
📚 Священный Ильмень https://75.e.nlrs.ru/collections/288 В подборку вошли документы, отражающие историю и ход этой битвы, а также художественные произведения якутских авторов.
📚 Периодические издания Якутии 1941-1945 гг. https://75.e.nlrs.ru/collections/1131 Полистайте страницы, хранящие память о подвигах, героизме на фронте и в тылу, нравственности и силе духа якутян.
Книги с закрытым замочком можно запросить во временный доступ, для этого зайдите в личный кабинет и нажмите кнопку рядом с книгой, Вам откроется доступ на 14 дней с правом продления на 3 дня.
Самостоятельная регистрация на сайте Национальной библиотеки РС (Я): https://e.nlrs.ru/register  Консультации по услугам библиотеки вы можете получить на сайте в режиме чата https://nlrs.ru/  и по номеру кол-центра: 8 (4112) 45-58-55
___ 
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!  https://tasagar.blogspot.com
***
Муус устар 27 күнэ-Өрөспүүбүлүкэ күнэ!

       1922 сыл муус устар 27 күнүгэр, РСФСР Бүтүн Россиятааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэтэ Саха сирин норуоттара бэйэлэрэ судаарыстыбаннастаах буолалларын билиммитэ, РСФСР састаабыгар Cаха Автономнай Советскай Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин олохтуур туһунан анал Декрети ылыммыта. Бу историяҕа киирбит докумуон Саха сирин национальнай судаарыстыбаннаһын бигэргэппитэ, биһиги региоммут экономическай, социальнай, култуурунай сайдыытын өр сыллаах олугун уурбута. Ити кэнниттэн 70 сыл буолан баран, 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Государственнай суверенитет туһунан Декларация ылыныллыбыта. Декларацияны ылыныы биһиги өрөспүүбүлүкэбит Россия Федерациятын тэҥ бырааптаах субъегын быһыытынан сайдар суолун саҥа кэрэһитэ буолбута.

Ырыаһыт эр дьон толоруутугар "Саргылан, Сахам сирэ" ырыаҕа клип. 
https://www.youtube.com/watch?v=eeeAQ5HCjhk
«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин аатыттан Өреспүүбүлүкэ күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр, РСФСР Бүтүн Россиятааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэтэ Саха сирин норуоттара бэйэлэрэ судаарыстыбаннастаах буолалларын билиммитэ, РСФСР састаабыгар Cаха Автономнай Советскай Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин олохтуур туһунан анал Декрети ылыммыта. Бу историяҕа киирбит докумуон Саха сирин национальнай судаарыстыбаннаһын бигэргэппитэ, биһиги региоммут экономическай, социальнай, култуурунай сайдыытын өр сыллаах олугун уурбута. Ити кэнниттэн 70 сыл буолан баран, 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Государственнай суверенитет туһунан Декларация ылыныллыбыта. Декларацияны ылыныы биһиги өрөспүүбүлүкэбит Россия Федерациятын тэҥ бырааптаах субъегын быһыытынан сайдар суолун саҥа кэрэһитэ буолбута.

Источник: Aartyk.ru

1922 сыл муус устар 27 күнүгэр, РСФСР Бүтүн Россиятааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэтэ Саха сирин норуоттара бэйэлэрэ судаарыстыбаннастаах буолалларын билиммитэ, РСФСР састаабыгар Cаха Автономнай Советскай Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин олохтуур туһунан анал Декрети ылыммыта. Бу историяҕа киирбит докумуон Саха сирин национальнай судаарыстыбаннаһын бигэргэппитэ, биһиги региоммут экономическай, социальнай, култуурунай сайдыытын өр сыллаах олугун уурбута. Ити кэнниттэн 70 сыл буолан баран, 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Государственнай суверенитет туһунан Декларация ылыныллыбыта. Декларацияны ылыныы биһиги өрөспүүбүлүкэбит Россия Федерациятын тэҥ бырааптаах субъегын быһыытынан сайдар суолун саҥа кэрэһитэ буолбута.


1922 сыл муус устар 27 күнүгэр, РСФСР Бүтүн Россиятааҕы Киин ситэриилээх кэмитиэтэ Саха сирин норуоттара бэйэлэрэ судаарыстыбаннастаах буолалларын билиммитэ, РСФСР састаабыгар Cаха Автономнай Советскай Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин олохтуур туһунан анал Декрети ылыммыта. Бу историяҕа киирбит докумуон Саха сирин национальнай судаарыстыбаннаһын бигэргэппитэ, биһиги региоммут экономическай, социальнай, култуурунай сайдыытын өр сыллаах олугун уурбута. Ити кэнниттэн 70 сыл буолан баран, 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Государственнай суверенитет туһунан Декларация ылыныллыбыта. Декларацияны ылыныы биһиги өрөспүүбүлүкэбит Россия Федерациятын тэҥ бырааптаах субъегын быһыытынан сайдар суолун саҥа кэрэһитэ буолбута.

Источник: Aartyk.ru
***
Муус устар 12 күнэ-Космонавтика күнэ. 1961 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр куосмас куйаарыгар бастакы космонавт көппүтэ.

"Кыым" хаһыат, 1961 сыл муус устар 14 күнэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын Космонавтика күнүгэр аналлаах виртуальнай быыстапкатын көрүҥ: 
***
Муус устар 2 күнэ -  Оҕо кинигэтин аан дойдутааҕы күнэ.

  Муус устар 2 күнүгэр, Х. К. Андерсен төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр. 1967 сыллаахха Оҕо уонна ыччат литэрэтиирэтин аан дойдутааҕы Сүбэтэ (IBBY) төрүттээбит. Бу күн IBBY икки сылга биирдэ Х. К. Андерсена аатынан бириэмиэйэни оҕо суруйааччытыгар уонна оҕоҕо аналлаах кинигэ иллюстраторыгар аныыр.Бу күн бэлиэтэнэрин аатырбыт ниэмэс суруйааччыта Лепман Йелла көҕүлээбитэ.
***
Кулун тутар 10 күнүгэр оскуолабыт үөрүүлээх арыллыыта буолла. 
 

Бу туһунан интернет ситимигэр тахсыбыт суруйуулары көрүҥ.
.................................

НВК ютуб-ханаалыгар
.............................

***
Кулун тутар 1 күнэ - аан дойдуга наркоманияны уонна наркобизнеһы кытта утары охсуһар күн.
 ***
Олунньу  24 күнэ-Вильгельм Гримм (1786 —1859) төрөөбүт күнэ. Ини-бии Якоб уонна Вильгельм Гриммнэр диэн биллиилээх остуоруйаһыттарынан билэбит. Быйыл 2021 с. Вильгельм Гримм 235 сааһын туолар.
 
...
Для большинства читателей братья Гримм, Вильгельм и Якоб — неразрывное целое. В этом году исполняется 235 лет со дня рождения Вильгельма Гримм.
В электронной библиотеке Национальной библиотеки РС(Я) представлены и хранятся уникальные книги великих немецких сказочников на якутском языке:
📗Книга  1936 года издания «Бырааттыы Гириимнэр остуоруйалара» переведен Дь. Баһылыйап. 
https://school.e.nlrs.ru/open/7763 
📗«Харса суох бортунуой, сэттэ харса суохтар» 1938 года издания.
https://school.e.nlrs.ru/open/13763
📗 «Омук остуоруйалара» https://school.e.nlrs.ru/open/47992. 
В сборник вошли сказки «Бремен куорат музыканнара», «Кыһыл көмүс хаас», «Күөс хааһы». 

💻💻Самостоятельная регистрация на сайте Национальной библиотеки РС (Я): https://e.nlrs.ru/register
👩🏻‍💻🧑🏻‍💻Консультации  по услугам библиотеки вы можете получить с 9 до 17 ч. на сайте в режиме чата https://nlrs.ru/ и 
☎☎по номеру горячей линии: 8 (4112) 45-58-55, +79248601034
        ***    
Олунньу 17 күнэ - оҕо суруйааччыта Агния Барто төрөөбүт күнэ.

1 кылаас оҕолоро Агния Барто хоһооннорун ааҕаллар.
***  
 Олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.
Саха Сирин бастакы Президена М.Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күнүнээҕи 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» Ыйааҕыгар олоҕуран, С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ — олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ. 
Ил Дархан А.С. Николаев улуус баһылыктарын кытта төрөөбүт тыл күнүнэн эҕэрдэлэрэ.
...




СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара төрөөбүт тыл туһунан хоһооннору ааҕаллар.
....
Таптыаҕыҥ төрөөбүт тылбытын. 


Ийэ тыл оҕоҕо бэриллэр
Ийэттэн, аҕаттан төрүөҕүттэн.
Истиҥ,иһирэх сыһыантан,
Илдьэ кэлбит үгэстэриттэн.

Сыыс тылы туттубатахха
Сөпкө сахалыы саҥарар .
Олоҥхо тылыгар уһуйдахха
Оҕо түргэнник сайдар :

Тылын саппааһа эбиллэр,
Туттар тыла лаппа тупсар.
Толкуйдуур дьоҕура тобуллан
Төрүт буолар билиини ыларыгар.

Төрөөбүт тылы таптыырга
Такайыаҕыҥ биһиги оҕолорбутун !
Тылбыт сүппэтин туһугар
Турунуоҕуҥ бары, сахалар !
 
Саха тыла сатарыырын туһугар
Сүппэтин,симэлийбэтин туһугар
Суолбут хайысхатын араҥаччылыырыгар
Сокуон наада саха тылыгар !

С.И.Васильев - Тургун.
03.02.2021.

***
Олунньу 10 күнэ - Александр Сергеевич Пушкин кэриэстэбилин күнэ.    

  ОСЕНЬ
 Унылая пора! Очей очарованье!
 Приятна мне твоя прощальная краса —
 Люблю я пышное природы увяданье, 
В багрец и в золото одетые леса, 
В их сенях ветра шум и свежее дыханье, 
И мглой волнистою покрыты небеса, 
И редкий солнца луч, и первые морозы, 
И отдаленные седой зимы угрозы. 
                
 ***
Улууспут баһылыга С.Н. Винокуров 2021 сылы Бүлүү улууһугар дойдунаат (патриотизм) сылынан биллэрдэ.
 ***
Олунньу 8 күнэ - Билим күнэ. Арассыыйа бэрэсидьиэнин Б. Н. Ельцин ыйааҕынан 1999 сыллаахха бэс ыйын 7 күнүгэр олохтоммут.
Идэлээхтэр күннэрин быһыытынан аан бастаан Арассыыйа билимин акадьыамыйатын 275 сылын бэлиэтээһинтэн бэлиэтэнэр буолбут.
 
***
Тохсунньу 27 күнэ - «Россия байыаннай Албан аатын күнэ».
 Тохсунньу 27 күнүгэр 27 ый, эбэтэр 871 күн салҕанан барбыт, киһи-аймах историятыгар саамай хаан тохтуулаах Ленинград төгүрүктээһинтэн босхоломмута 77 сылын туолла. Төгүрүктээһиҥҥэ 2 мөл. 544 тыһ. олохтоох киһи (ол иһигэр 400-кэ тыһ. оҕо), 343 тыһ. куораты көмүскээччи байыас түбэспиттэрэ.
Ас, уматык тиийбэтэ. 1941 с. балаҕан ыйын 8 күнүгэр бомбалааһынтан астаах ыскылааттар умайбыттара. Куоракка хоргуйуу, өлүү саҕаламмыта. Рабочайдарга сууккаҕа 250 г, онтон атыттарга 125 г килиэп бэриллэрэ. Аччыктааһынтан барыллаан ааҕыынан 640-ча тыһ., бойобуой хапсыһыылартан 235 тыһ. киһи өлбүтэ. Блокада сууллуутугар куоракка 500 тыһ. эрэ киһи хаалбыта. Онон төгүрүктээһин саҕаланыытыгар баар дьон биэс гыммыт биирэ эрэ тыыннаах ордубута.
1945 с. ыам ыйын 1 күнүгэр Ленинградка Москваны, Сталинграды, Севастополы, Одессаны кытта тэҥҥэ блокада кэмигэр геройдуу, хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин Герой-куорат аата иҥэриллибитэ. Оттон 1965 с. ыам ыйын 8 күнүгэр Ленинград Ленин уордьанынан уонна «Кыһыл көмүс сулус» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Советскай Союз Улуу Кыайыытыгар саамай улахан суолталаммыт Ленинград блокадатыгар кыайыы киһи-аймах историятыгар көмүс буукубаларынан суруллан, үйэлэргэ хаалыа.
Оттон Ленинград төгүрүктээһинтэн босхоломмут күнэ — тохсунньу 27 күнэ дойдуга «Россия байыаннай Албан аатын күнүнэн» бэлиэтэнэр.
***
«Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан дууһатынан, хаалларбыт айымньыларынан чахчы Улуу поэт, Улуу романист, Улуу драматург этэ. Ону ситэри арыйар, итэҕэтэр инники сорукпут»

Сивцев Василий Тарасович — литератураны ырытааччы, тылбаасчыт, саха норуодунай бэйиэтэ.


Иван Михайлович Гоголев – Кындыл (18.01.1930–22.11.1998) — Саха Республикатын народнай поэта, Саха Республикатын искусстволарын үтүөлээх деятелэ, Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата. 1957 сылтан СССР Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
 
 
***

Саха суруйааччыта, публицист, суруналыыс, литературнай критик, лингвист, бэчээт үлэһитэ, государственнай, общественнай деятель Алексей Андреевич Иванов-Күндэ 1896 сыллаахха тохсунньу 16 күнүгэр Сунтаар улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Андрей Иванович Иванов-Буччуука Өндүрэй кэргэнэ эрдэ өлөн, бэйэтэ орто сааһыгар хараҕынан көрбөт буолбута. Өлөксөйтөн уонтан тахса сыл аҕа убайа Дьарааһын (суруйааччы И.И. Иванов-Уйбаан Нуолур аҕата) дьиэ кэргэнин кытта сэниэ ыал ахсааныгар киирэн, биир хаһаайыстыба буолан олорбуттара. Салгыы...

Саха биллиилээх суруйааччылара Күндэ туһунан маннык суруйбуттара:

«Саха поэзиятын аан маҥнайгы страницатыгар биир саамай кэрэ, саамай чаҕылхай строка – күн-дьыл ааһан истэҕин ахсын өссө ордук күлүмүрдээн, өссө ордук күндүтүйэн көстөр строка – Күндэ уран илиитинэн суруллубута. … Күндэ дириҥ иэйиилээх буолан, ханнык да чуор кулгаахтаах киһи истибэтин истэрэ, ханнык да кыраҕы харахтаах көрбөтүн көрөрө. … Кэпсээннэрэ саха советскай прозатын аан бастакы айымньыларын ахсааныгар киирэллэр уонна билиҥҥэ диэри бэрт кэрэхсэбиллээхтик ааҕыллаллар. … Пьесалара 1920-с сыллардаахха бэчээттэнэн, сценаҕа көрдөрүллэн, саха драматургията уонна театральнай искусствота сайдыыларыгар улахан оруолламмыттара. … Кини айымньылара бириэмэ кытаанах бэрэбиэркэтин тулуйдулар, сытыы кылааннарын мүлүрүппэтилэр, күүрдэр күүстэрин мөлтөппөтүлэр. Күндэ үрдүк культуралаах, дэгиттэр дириҥ билиилээх киһи этэ… … Кини кылгас олоҕун устатыгар айан хаалларбыт нэһилиэстибэтэ биһиги бука бары киэн туттар баайбыт буолар».

Софрон Данилов.

«Күндэ олоҕу муҥура суох таптыырга, бар дьон дьолун, үтүө кэскилин туһугар күүһү харыстаабакка үлэлииргэ ылыннарыылаахтык ыҥырар оптимист поэт этэ. Биһиги Сахабыт сирин киэҥ дэлэй айылҕатын, кини баай хара тыатын, дэхси-көнө хонуутун, ыраас-чэбдик уутун эгэлгэ кэрэтин хоһуйбут маҥнайгы биир улахан поэппыт – Күндэ. Дьиҥ уһулуччулаах кэпсээнньит буолуох киһини биһиги олус эрдэ сүтэрбиппит эбитэ буолуо дии саныыбын».

 Амма Аччыгыйа.

«Кюндэ в якутской литературе оставил след, главным образом, как поэт-лирик… Научные труды по языку и по этике, которым он уделял много внимания, не утратили своего значения и по сей день».

 Суорун Омоллоон.

«Платон Алексеевич, Алексей Андреевич-Күндэ иккиэн киһи кутун-сүрүн баттаабат, дьэбин уоһуйбатах, тымныы ууну омурпатах дьон этилэр. Үлэлэрин быыһыгар кэм тугу эмэ кэпсии-ипсии, саҥара-иҥэрэ, күлэ-оонньуу олорор буолаллара. Күндэ, Ойуунускайга тэҥнээтэххэ, наҕыл-бытаан туттуулаах-хаптыылаах, хайдах эрэ ис-иһиттэн наһаа симик-намыын киһи этэ. Ойуунускай уонна Күндэ бэйэ-бэйэлэрин улаханнык ытыктаһар, иллээх-эйэлээх дьон этилэр».

 Күннүк Уурастыырап.

Суруйааччы кинигэлэрин Саха Өрөспүүбүлүкэтин электроннай национальнай библиотекатын саайтыгар киирэн ааҕыаххытын сөп https://e.nlrs.ru/authors/6651

"Күндэ сахаҕа күндү" Сунтаар ТВ архивыттан.
Саха биллиилээх суруйааччылара Күндэ туһунан маннык суруйбуттара:

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/b-g-n-k-nde-t-r-b-t-k-ne/
Саха биллиилээх суруйааччылара Күндэ туһунан маннык суруйбуттара:

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/b-g-n-k-nde-t-r-b-t-k-ne/
Саха биллиилээх суруйааччылара Күндэ туһунан маннык суруйбуттара:

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/b-g-n-k-nde-t-r-b-t-k-ne/
***
 Тохсунньу ый - Таҥха ыйа
Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан таҥха иһиллээн, сэрэбиэй быраҕан, кистэлэҥ эйгэ быыһын сэгэтэн, инникилэрин тымпыктаан көрөллөрө. Ол үгэс күн бүгүҥҥэ диэри сүппэккэ-оспокко, таҥха оонньууларын сэҥээрэр киһи билигин да үгүс. Национальнай библиотека электроннай библиотекатын фондатыттан кинигэтэ киирэн ааҕын, кэлэр сыл тугу түстүүрүн билгэлэн, арчылан.
Таайтарыылаах таҥха https://e.nlrs.ru/open/14485
Кулаковский, Алексей Елисеевич. Научные труды. Гадания https://e.nlrs.ru/open/2141
Бравина, Розалия Иннокентьевна. Түүл-бит https://e.nlrs.ru/open/41427
Сахаларга түүлү тойоннооһун https://e.nlrs.ru/open/14483
Күн Куйаарыма Арый. Билгэлэн. Арчылан https://e.nlrs.ru/open/14477
Игнатьев, Николай Лукич. Билгэлээһин уонна танхалааһын https://e.nlrs.ru/open/14488
Кинигэ аттыгар 🔐 бэлиэ баар буоллаҕына, «Запросить временный доступ» баттаанныт личнэй кабинеккытыгар «Мои заказы» вкладканы арыйан кинигэни 14 күн онлайн ааҕыаххытын сөп, болдьоҕо бүтүөр диэри кинигэни бүтэрбэтэххитинэ өссө 3 күн уһаттарыаххын сөп.
Ыйытыыларгытын библиотека сайтыгар https://nlrs.ru/ чат, личнэй кабинеккыт «Задать вопрос” нөҥүө биэриэххитин, эбэтэр үлэ кэмигэр 8 (4112) 45-58-55 эрийэн билсиэххитин сөп.
Кутталлаах уонна куттала суох оонньуулар.
60-тан тахса таҥха оонньуута баара биллэр. Кутталлаах уонна куттала суох оонньуулар диэн, икки гына араарыахха сөп. Кутталлаахтарга өлбүт киһи дууһатын ыҥырар оонньуулар киирэллэр. Өлбүт дьон дууһата кэллэҕинэ, сиэртибэтэ суох барбат диэн былыргылар этэллэр. Куттала суох оонньуу, холобур, түөрэх быраҕыыта. Бу оонньуу аан дойду омуктарыгар барыларыгар киһи аймах үөскүөҕүттэн баар. Кинилэр хамыйах оннугар харчыны, үтүлүгү, бэргэһэни, этэрбэһи быраҕан билгэлэнэллэр.
Өссө биир куттала суох оонньуу – бүргэс сүүрдүүтэ. Былыргы сахалыы оонньуу. Архыыпка бу туһунан икки эрэ источнигы булбутум — Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Серошевскай суруйуулара.
Аан дойдуга барытыгар тарҕаммыт «зодиак систиэмэтэ» сахаҕа эмиэ баар. Биһиэхэ «киһини мөһүлгэнэн көрүү» диэн ааттанар. Ол аата төрөөбүт ыйгынан уонна сылгынан көрөн билгэлээһин. Саха итэҕэлинэн, киһи төрөөбүтүн кэнниттэн үс күн иһигэр дьылҕата оҥоһуллар. Онон төрөөбүт ыйыҥ уонна сылыҥ улахан суолталаах.
Кинигэнэн сэрэбиэйдэнии кытайдартан киирбитэ. Кытайдарга бу биэс тыһыынча сыл анараа өттүгэр үөскээбитэ. Кинилэр чарапаахы көхсүн көрөннөр, инники дьылҕаларын билгэлэнэллэрэ. Ону сайыннаран кинигэни арыйан көрүү үөдүйбүтэ. Биһиэхэ кэлин үөскээтэ. Дьиҥинэн, быһаҕа суох оонньонуохтаах. Дьон үксүн Амма Аччыгыйын “Сааскы кэм” кинигэтин туһанар. Бу соччо сөбө суох буолуо. Алтан Сарын “Долгуннар” хоһооннорун хомуурунньуга ордук табыгастаах.
Сүллүүкүн киирэр түүнүгэр ойбонтон уу ыла киирии – саха итэҕэлэ буолбатах. Сымыйаргыыбын. Кирдээх ууну ыла-ыла дьоҥҥо албыннаан атыылыыллар. Ону дьон “сибэтиэй уу” дии-дии атыылаһар. Былыргы сахаҕа итинник өйдөбүл суох этэ. Биллэн турар, киһи тымныы ууга киирэн этин-хаанын эрчийиэхтээх, уйан оҥоруохтаах. Ол эрээри эмискэччи (сылга биирдэ) тымныы ууга киирэри сыыһа дии саныыбын. Улаханнык сэбиргэхтэтиэххэ сөп.
Түмүккэ, киһи ханнык баҕарар оонньууну оонньуон сөп. Ол гынан баран кутталлаах оонньуу элбэх киһиэхэ оонньонуо суохтааҕын учуоттааҥ.
Буосканан сэрэбиэй
Бастакы ньыма.
Чүмэчини бытарытабыт уонна биир лоскуйун ылаҥҥын остолобуой ньуоскаҕа уур. Итиэннэ атын, умайа турар чүмэчи үрдүгэр тутан ууллар. Онтон эрдэттэн бэлэмнээбит тымныы уулаах иһиккэр бу ууллубут буоскаҕын кут. Буоска түһэн тоҥуор диэри кэтэс, ол кэннэ билгэлэн. Холобура, массыына, сөмөлүөт курдук буоллаҕына, сэрэбиэйдэнээччини ыраах айан күүтэр, кыыл-сүөл – саҥа билсиһии уо.д.а.
Иккис ньыма.
Чүмэчи умайан буоската ууллан тохтуута миискэлээх ууга тоһуй. Маннык иккитэ-үстэ хатылыахха сөп. Ол кэннэ тоҥон хаалбыт буоскалары ууттан хостоон таһааран хараҥа хоско чүмэчи уотугар күлүгүн көрөн быһаараҕын.
Өскөтүн буоскаҥ биир улахан бөгүүрэни таһынан аттыгар кыра-кыра бытархайдар баар буоллахтарына – харчыга. Оттон наар бытархайдар эрэ, сүрүн улахан бөгүүрэ суох буоллаҕына, таайарга да улахан интэриэс суох. Тоҕо диэтэххэ, бу улахан бөгүүрэ күлүгэ бэрт элбэҕи кэпсиэн сөп.
Кумааҕынан таайыы
Элбэх буолан сэрэбиэйдэнэргэ бу олус сонун буолуоҕа. Кумааҕыны тэҥ гына быһыталааҥ. Биирдии кумааҕыга ыкса доҕордоһо сылдьар, сөбүлүү көрөр уолгут (кыыскыт) аатын суруйуҥ. Онтон хастыы да кумааҕыга кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри суруйуҥ.
Бу кумааҕыларгытын суруга көстүбэт гына бүк тутуҥ уонна иһит түгэҕэр чүмэчи буоскатынан сыһыарталааҥ.
Иһити ким да көрбөтүнэ биир киһи эргитэр. Онтон, дьэ, бары мустан көрбөккө эрэ тардан ылбыт кумааҕыларгытын көрөҕүт. Атын киһи суруйбут. Атын киһи суруйбут аата эбэтэр кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр аата тигистэҕинэ, бу сылга эйиэхэ туох да «тыкпат». Оттон тус бэйэҥ кистээн суруйбутуҥ кэллэҕинэ, үчүгэйдэтэҕин.
Үүнэр сыллааҕы олох
Бастакы ньыма.
Бу түгэҥҥэ эйигин атын киһи таайара быдан ордук. Таайааччы икки иннэни ылар уонна, арыынан-сыанан сотон баран, ыстакааннаах ууга угар. Өскөтүн иннэлэр тимирэн хааллахтарына, сотору кэминэн кэргэннэнэҕин диэн буолар. Өскөтүн уһуктарынан утарыта эргийдэхтэринэ, кэргэн тахсаргар (ыларгар) эйиэхэ үтүөнү баҕарбат дьон бааллар. Оттон иннэлэр тус-туһунан бардахтарына, кэргэн тахсыбаккын (ылбаккын).
Иккис ньыма.
Ыстакааннаах сылаас ууга сымыыт үрүҥүн кут. Тахсыбыт араас быһыыларынан көрөн таай. Өскөтүн сымыыт үрүҥэ ыстакаан түгэҕэр түһэн хааллаҕына, бэрдэ суоҕу күүтэргэр тиийэҕин.
Үһүс ньыма.
Биһилэх курдат чүмэчи ууллубутун эбэтэр сымыыт үрүҥүн кут. Тахсыбыт быһыыларынан инникигин быһаар.
«Таайтарыылаах таҥха» кинигэттэн. 
 Немного о ТАНХА.
ТРАДИЦИИ И ИСТОКИ ТАНХА

Уже несколько веков январь у саха считается месяцем гаданий и таинств - Танха. Танха имеет свои древние истоки и корни. О древнем обряде Танха мы мало знаем, можем только предположить по сохранившимся бытовым нормам поведения.
То, что сейчас мы наблюдаем, видимо, возникло в 18 веке, когда в Якутию прибыли русские первопроходцы и привезли с собой Святочные гадания, и эти гадания слились с древним обрядом Танха.
По поверьям  с 7 по 19 января из проруби выходят сюллюкюны — водяные черти. Первыми выходят маленькие чертики. Они готовят жилище для чертей постарше. В более поздние дни сюллюкюны постарше появляются на земле. По мифам, сюллюкюны, являясь частью невидимого мира, все про всех знают. И надо просто подслушать то, что они говорят. Обычно представители водного царства приветливо встречаются с человеком, как с давним приятелем. Некоторые из них предлагают «гостю» пожаловать в их гостеприимное царство, но лучше этого не делать. Ведь невидимый потусторонний мир не для земного человека. Слово «сюллюкюн», его происхождение сейчас трактуют по-разному. В словаре Даля находим похожее и по смыслу, и по произношению слово «шиликун», оно означает:
· муж., вят., пермяц., сиб. нечистый дух, черт;
· злой домовой;
· наряженный о святках, окрутник, ряженый, харя. Шаликуны пришли! - ничать, ходить о святках переряженным.
Кто-то считает, что слово сюллюкюн тюркского происхождения, берет корни от слова «шульхан», означающего водяного бога, пасущего под водой многочисленные стада овец.
Дни «Таҥха иhиллиир» дословно переводятся как «подслушивание Танха и или прислушиваться к Таҥха» - богу рока и судьбы Танха Хаан Тойону. Считалось, что именно в это особенное время у людей открывается дар предвидения и появляется магическая связь с космосом. Поэтому в эти дни можно гадать и окунуться в мир мистики и таинств.
Как считают знатоки этнографии и культуры саха, в дни Таҥха вначале проводится обряд «Түөрэх быраҕыыта» - обряд на удачу и гадание на исполнения задуманного путем кидания шаманской колотушки, большой обрядовой ложки - хамыйах. Видимо, это был некогда шаманский ритуал обряда, посвященного божеству Танха Хаану – божеству Рока и Судьбы. Начинают ритуал звоном металлических подвесок «аарык». Затем алгысчыт пропевает слова благословения, моления, махая ивовым прутиком. Собравшиеся люди образуют круг около алгысчыта, при этом руками держатся за верёвку, свитую из конского волоса, ограждая себя от неудач в новом году сакральной веревкой.  Это то, что сохранилось в памяти народа с тех давних древних времен, от изначального сакрального ритуала.
У саха Танха имеет глубинную историю и очень древние истоки.  Мы об этом можем только предположить по житейским канонам, сохранившимся до наших дней. Издревле в это время нельзя было много шуметь и веселиться. В январе даже не советовали проводить свадьбы и большие застолья, также воздерживались от дальних поездок. Это время трактовалось, как времена покоя и самоуглубления, моделирования и культивирования всего лучшего и прекрасного.
Январь – девятый месяц календаря саха, он так и называется девятый месяц. Число девять для саха сакральное. Девять месяцев нужно для того, чтобы родился новый человек, появился в этом мире через лоно матери. Девять – количество планет Солнечной системы. Хотя количество планет тоже стало спорно, Плутон – не планета, но преполагают, что есть девятая невидимая планета, возможно, была некогда еще одна планета, которая была уничтожена в следствие каких-то вселенских катастроф и на ее месте сейчас – пояс астероидов.
По нумерологии девять – число открывающее духовное начало в человеческой сути, представляет начало и конец жизненного опыта человека. Оно несет последний земной урок человечества – прощение.
Танха - время, когда перерождается и обновляется природа, обнуляется и заново запускается позитивная энергия Мироздания. Для человека это пора духовного обогащения, познания своей глубинной сути. Поэтому не стоит растрачивать свою энергию на праздность, а наоборот, необходимо ее укрепить. Январь - месяц, когда в природе начинаются перемены, Белое Солнце набирает новую силу, световой день растет. Танха – это время моделирования своей жизни, время медитативного состояния души. Даже само слово танха от глагола таҥ – моделируй, собирай из составляющих частей.
Этот месяц у саха всегда был связан с понятием Судьбы. Вселенная заранее определяет Судьбу человека. Издревле у саха существовали Божества Судьбы и Рока, это Триада Всемогущих Божеств:
v Дьылга Хаан – это наше прошлое, связь с далекими предками.
v Танха Тойон – это знание своего настоящего и определение жизненного пути согласно своему предназначению.
v Билгэ Хаан – это наше будущее, которое определяется нашими действиями в прошлом и настоящем.
Все в жизни человека взаимосвязано, без прошлого нет ни настоящего, ни будущего.
Вот таковы мои предположения о древних истоках Танха – сакрального медитативного обряда гармонизации энергий Вселенной и самого человека.
Теперь вернемся к более поздним обрядам гаданий Танха. Многие гадания дошли до наших времен, хоть и в немного измененном виде.
В старину многие отправлялись ночью на реку или озеро и, укутавшись в одеяло, поджидали возле лунок сюллюкюнов, чтобы спросить у них, что принесет им новый год.
Было еще такое поверье: можно было отправиться в заброшенное жилище и там встретиться с сюллюкюным и играть в карты с ним. Выигранное золото надо было тратить до Крещения, а если не потратишь, оно превращается в водяные водоросли. Если проиграешь, то ждет гибель в этом году.
Были еще такие популярные виды гаданий во время Танха, проводились они, в основном, в ночь перед Крещением:
Гадание с шилом
В старину гадали с шилом на чугунной сковороде, которую надо было расчертить на четыре сегмента. А затем разделить каждый еще наполовину.
В наше время это гадание делают на большом листе бумаги. Рисуют большой круг и делят его на сегменты. Длинные отрезки означают стороны света: хоту – соҕуруу (север – юг), арҕаа – илин (запад – восток).
Перед гаданием человеку завязывают глаза шарфом, кружат, а потом подводят к столу с вытянутой в руке нитью с шилом. От того, куда уткнется острие шила, зависит предсказание будущего. Если острие падает на длинную линию (хоту – север), это связывают с болезнью, неприятностями. Соҕуруу – юг означает путешествие, дорогу, хорошие новости, успехи, достижения. Илин – восток связан с теплом, поэтому означает любовь, семью, благополучие. А вот короткие лучи – это своего рода предупреждение о чем-либо, в зависимости от того, к какой линии близко острие.
Просеивание снега
Это гадание наиболее интересное. Вечером через сито просеивают снег вокруг коновязи. А наутро можно будет увидеть следы на тонком слое снега.
Следы босой маленькой ножки означают, что в доме родится ребенок. Следы копыт коров, лошадей – к богатству. Бывает, никаких следов наутро не обнаруживается – предвещает пустой год.
Подслушивание конского разговора
Во время Танха происходят невероятные вещи, в это время якобы можно подслушать разговор лошадей. Но этот способ получить предсказания, мог иметь негативные последствия.
Причем одна из лошадей должна быть чужой, а другая – хозяйской. Или же обе лошади должны быть рождены одной кобылой.
Главное условие – лошади не должны почуять человека. Потому, что кони сначала предают проклятию того, кто подслушает их разговор. Затем начинают разговаривать человеческим языком, предсказывая при этом судьбу своих хозяев и их близких.
Человеку, решившемуся на этот отчаянный шаг, задолго до гадания нельзя мыться и кушать мясо. Они могли рассказать о том, что ждет хозяев в новом году, что будет с миром, предсказать, каким будет лето.
Гадание под столом
При гадании требуется совершенная тишина, и чтобы в комнате никого, кроме гадающего, не было. Гадающий  садится под стол с водой в миске и со свечой. Смотрит в воду до тех пор, пока не покажется что-нибудь.
Гадание по жилам
Это было гадание на женитьбу или замужество. Наливают в блюдце воды и туда опускают две короткие нитки из жилы, если они сойдутся, раскручиваясь, вместе и переплетутся, то юноша женится, а девушка замуж выйдет.
Гадание «хамыйах быраҕыыта» — кидание ложки
Загадав желание, ложку бросают через себя трижды -ответ считается утвердительным, если она падает открытой или вогнутой стороной кверху, отрицательным - если наоборот. Если человек дважды получил ответ «да» и один «нет», то это значит, что на пути к исполнению задуманного будут препятствия. Шаманы вместо ложки использовали колотушку от бубна. Иногда вместо ложки кидали  рукавицы.
Были свои правила во время гаданий:
v Гадать желательно не у себя дома, а в каком-нибудь другом помещении, потому что, если вы совершите ошибку в ритуале, то, чтобы негатив и плохая энергетика не остались в вашем доме, и в течение всех крещенских дней больше не посетить это место. Вот почему в старину гадали в бане, в сарае или в заброшенных домах. После Крещения негатив исчезает вместе с сюллюкюнами.
v Не следует гадать просто так: от делать нечего или смеха ради. Спиритизм – серьезный сакральный ритуал, который не всем дано проводить.
v В качестве медиума не приглашали человека с тяжелой судьбой.
v Во время Танха запрещается громко кричать и шуметь. Вечерами запрещали детям выглядывать в окна, для этого окна тщательно занавешивали, чтобы оградить себя от злой силы и несчастий.
В эти рождественские и крещенские дни в старину было принято стряпать оладушки и угощать Духа Огня, прося у него благославления и защиты. Таковы старинные народные приметы.
Своими очень интересными размышлениями о Танха поделился знаток культуры саха, заслуженный врач и переводчик Петр Сысоевич Тумусов:
«Таҥха - она и есть новый год саха, но не саҥа дьыл, таҥха - явление астрономическое, связанное с оборотом земли вокруг светила. Завершение одного и начало нового пути. Новый путь будет обязательно чем-то отличаться от старого, т. е. орбита земли в 95% останется такой же, как и в прошлом году. Называется Дьылҕа – Рок, Программа. Но! На 3-5% будет чем-то отличаться. Будет чем-то неизведанным, новым, т. е. Судьба. Поэтому месяц январь по-якутски имеет сакральное название - Аан Барыы, повторное движение. Когда земля, обогнув вершину орбиты ( дьылҕа суола) вокруг солнца, и начинает движение к солнцу, все меняется. Это изменение на земле первой чувствует вода - матушка. Попросту, она нагревается на дольки градуса, и лед изнутри подтаивает, образуя своеобразные следы - сүллүү, шиллю, шилликюн. В это время надо добраться до нее и услышать, увидеть, почувствовать новости наступившего года. Слово «год» от якутского «Хоту» - Север. На севере - бог входит через аартык – Арктику, приходит на землю. Божественные вещи первыми достигают именно севера, потом распространяются дальше вниз, на юг. Поэтому северные народы называли бога хоту - гот, год. Например: «О, майн готт!».  Поэтому северные народы и встречают в январе новый год. Но, никак не жыл - дьыл. Дьыл - это зима. А зима начинается с 14 октября». Вот такое интересное видение и толкование.
Все же, истинное значение обряда Танха – это и есть медитативное состояние всех трех кут саха, в котором человек определял свой жизненный путь согласно изначальным древним законам Бытия, культивируя в себе Свет и Добро, Гармонию и Покой, единение с Природой и почитание законов Вселенной.
Варвара КОРЯКИНА, г. Нерюнгри

***
 

Винокуров Илья Егорович (01.01.1896—04.01.1957) — Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар саха омугун хоргуйан өлөртөн быыһаабыт, сэллик ыарыыга эмтэрбитин тохтотор суолга киллэрбит, Саха Сирин автономиятын 1947 сыллаахха быһаары гыммыттарын көмүскээбит өҥөлөөх Саха Сирин уһулуччулаах салайааччыта. 
Кини туһунан матырыйааллар: 
Видеомаетриалы: 
 
"Защитник судьбы своего народа"
 
"Норуокка анаммыт уруок". Илья Егорович Винокуров 125 сылыгар аналлаах медиа урок
"Илья Егорович Винокуров"

"Уһулуччулаах государственнай, политическай деятель Илья Егорович Винокуров"

 
***
Тохсунньу 9 күнэ-улууспут төрүттэммит күнэ.


***     

У ГАРОВ Гавриил Спиридонович ахсынньы 21 күнүгэр 80 сааһын туолар.

УГАРОВ Гавриил Спиридонович – биология наукатын дуоктара, профессор, РФ Суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Саха литературатыгар научнай фантастика жанрын киллэрбит фантаст суруйааччы (айымньылара 7-8 кылааска үөрэтиллэллэр), Угаров биологическай температурнай шкалатын уонна Аан дойдуга маҥнайгынан олоххо-дьаһахха туттарга анаммыт Угаров шкалалаах биологическай термометр ааптара, Аан дойду Дед Моруостарын кэккэтигэр киирбит Эһээ Дьыл, РФ Аналлаах үрдүк үөрэҕин уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Бочуоттаах ветерана, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Гавриил Спиридонович «Таҥараианство” диэн ааттаах аныгы саҥа итэҕэл ааптара.
 1940 сыллаахха ахсынньы 21 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Сургулуук сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
Гавриил Спиридонович кинигэлэрин Саха Өрөспүүбүлүкэтин электроннай национальнай библиотекатын саайтыгар киирэн ааҕыаххытын сөп. https://e.nlrs.ru/authors/4935


***
     
Саха литературатын төрүттэспиттэртэн биирдэстэрэ Николай Денисович Неустроев ахсынньы 15 күнүгэр төрөөбүтэ 125 сааһын туолар.
 Н.Д. Неустроев 1895 с. ахсынньы 15 күнүгэр Байаҕантай улууһун (билиҥҥитэ Таатта улууһа) 4 Байаҕантай нэһилиэгэр (билиҥҥитэ Алдан нэһилиэгэ) төрөөбүтэ. Бастакы нууччалыы кэпсээнэ «Дикая жизнь» 1915 сыллаахха бэчээттэммитэ, комедия жанрын төрүттээбитэ. Бастыҥ комедията «Кукаакы Кулуба» 1920 сыллаахха суруллубута. Саха драмтеатра кини суруйбут «Kyhaҕaн тыын» драматынан үлэтин саҕалаабыта (1925). «Балыксыт» кэпсээнэ саха классикaтыгаp киирэр. Неустроев нуучча литературатын ааҕан суруйааччы буолбут. Нууччалыы кэпсээннэри суруйбутун тэҥэ, өссө революция иннинэ Платон Ойуунускайдыын Н. В. Гоголь «Ревизорун» сахалыы саҥардыспыта. Эдэр caaһыгap 1929 сыл от ыйын 21 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ. Кинини, Ойуунускайы курдук, эмиэ баһааҕырдан, буржуазнай националист диэн ааттыы сылдьыбыттара. Саха үс бастакы суруйааччыларын үтүө ааттарын төнүннэриигэ профессор Г. П. Башарин улахан өҥөлөөх. Ю.И.Васильев суруйааччы "Прокажённые", "Факир", "Торжество смерти" кэпсээннэрин, "Доҕорбор" уонна нууччалыы суруллубут хоhооннорун дьонугар кэриэс суругун архыыптан ылан күн сирин аан бастаан көрдөрбүтэ. 
Сиһилии биографиятын көр, аах 
Тааттатааҕы киин библиотека саайтыгар киирэн көрүҥ, билиигитин тургутуҥ:
✳️ Виртуальная выставка, посвященная жизни и деятельности Н. Д. Неустроева
tattalib.ru/читателям/виртуальные-выставки/николай-денисович-неустроев-один-из-о/
✳️ Николай Неустроев айар үлэтигэр аналлаах онлайн-викторина
tattalib.ru/читателям/онлайн-тесты/саха-литэрэтиирэтин-төрүттээбит-сур/
Николай Денисович айымнньыларын Саха Өрөспүүбүлүкэтин электроннай национальнай библиотекатын саайтыгар киирэн ааҕыаххытын сөп.   https://e.nlrs.ru/authors/2376
 ***

Бүгүн, ахсынньы ый 12 күнэ - Россия Конституциятын күнэ. Конституция - судаарыстыба сүрүн сокуона, Россия бары быраабын тутула, тирэҕэ.Сокуоҥҥа уларыйыылар, көннөрүүлэр сотору - сотору киирэллэр. Ол көннөрүүлэри дойду Президенэ, Госдума, Федерация Сэбиэтэ уонна Бырабыыталыстыба киллэрэр кыахтаахтар. Россия Конституцията судаарыстыба демократическай өйдөөх - санаалаах сайдыахтааҕын ирдиир. Хас биирдии россиянин бэйэтин быраабын толору билиэхтээх, кыһалҕата суох олорорун туһугар баар сокуоннары сөпкө туһаныахтаах диэн санаанан салайтарар.  (Саха ыалын халандаара).
 Бүлүү улууһун баһылыга Винокуров С.Н. эҕэрдэтэ.
***

Ахсынньы 9 күнэ - Аҕа дойду Дьоруойдарын күнэ (День Героев Отечества). Геройдар - ааҥнаан ааспыт алдьархайтан чаҕыйбатах, тирээн турбут кыһалҕаттан иҥнибэтэх, төһө да санаа, доруобуйа мөлтөөтөр - хантан эрэ күүс ылан икки атахтаах элбэҕи да оҥоруон, кыайыан сөптөөҕүн бигэргэппит Улуу Дьон. Кинилэр ааттара - архивка, кинигэҕэ, музейга, кинилэр ааттара - хас биирдиибит сүрэҕигэр.
 ***

28 ноября исполняется 140 лет со дня рождения Александра Александровича Блока, русского поэта, писателя, литературного критика.
Любопытные факты из жизни А.Блока:
1. Первые стихи Александр Блок написал в пятилетнем возрасте.
2. За несколько месяцев до своей гибели поэт, как обычно читал свои стихи в Большом драматическом театре. Перед его выступлением слово взял Чуковский, сказав о Блоке много хорошего, после сам Блок читал свои стихи о России.
Как потом вспоминали его современники, атмосфера была чересчур торжественной и печальной, и кто-то из зрителей выдохнул почти пророческую фразу: «Это поминки какие-то!». Это было последнее его выступление на сцене этого театра.
3. В феврале 1919 году Блока арестовывали на полтора дня. Его подозревали в сговоре против советской власти. Но тогда за него замолвил слово Анатолий Луначарский, и поэта отпустили.
4. Блок был женат на дочери известного химика Дмитрия Менделеева. Они были знакомы еще с детства, ученый был в приятельских отношениях с дедушкой поэта. Чувства к Любови Менделеевой были настолько возвышенными, что Александр Блок долгое время боялся испортить их, опорочить плотскими отношениями. Именно ее образ лег в основу «Стихов о Прекрасной Даме».
5. Александру Блоку приписывали роман с Анной Ахматовой. Однако после смерти поэта Ахматова не раз в своих мемуарах возвращалась к этой теме, развеивая все слухи о «чудовищной страсти к Блоку».
6. Перед своей кончиной Александр Блок несколько дней бредил. Почти в бессознательном состоянии он лишь вспоминал об одном: не осталось ли ненароком экземпляров его поэмы «Двенадцать». Поэт хотел полностью ее уничтожить.
7. Пожалуй, самое известное стихотворение Блока «Ночь, улица, фонарь, аптека…» на улице Лейдена в Нидерландах запечатлено в виде памятника – написано на стене одного из домов в рамках всемирного проекта «Wall poems».
8. Астероиду 2540, которого обнаружили в 1971-ом году, дали имя Александра Блока.
 

Читать книги онлайн:

 

 

 
 
*** 

 Сэбиэскэй былаас кэмигэр Улуу Өктөөп бырааһынньыга дирбиэннээхтик-дарбааннаахтык, киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэрэ. Бу бэлиэ даата суолтатын, ис дьиҥин сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт, иитиллибит дьон үчүгэйдик өйдүүр, саныыр буолуохтааххыт. Ол курдук, бу күн чугаһаатаҕын аайы быһыы-майгы тыҥааһыннанара, дьон “барытын Сэбиэккэ” диэн өйүнэн-санаанан салайтарара, үлэтэ-хамнаһа таһаарыылаах буолара.

                                   БЫЛААҺЫ —СОВЕККА!   
П. Ойуунускай
Сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күнүгэр,
Сэриинэн сэтэрэн, уотунан умайан,
Сир ийэ үрдүнэн силлиэлээх холорук
Силлиэрэн-боллоорон, ытыллан таҕыста.

Бары баар баттаммыт
Барыта тахсаннар,
Барабаан охсоннор,
Баргыһан бардылар...
Уруйдааҥ!
Уруйдааҥ!
Былааһы — Совекка!

Хара хаан олбохтоох хаппытаал олоҕун,
Хан гынар хаппардаах хаан салыҥ хаайыытын,
Түп гынар түптүрдээх түүнүктээх түрмэтин
Түнҥэри ытыйан, күөрчэхтии көтүттэ...

Бары сир үрдүнэн баай-бампыыр аймаҕа,
Бары баар баттаммыт хааннарын тоҕоннор,
Уҥуохтаах эттэрин урусхал оҥорбут
Улуу-хаан иэстэрин иэстииргэ тэринэн,

29.12.1926 с.  Москва.

***
Васильев Василий Егорович (Харысхал) — саха народнай суруйааччыта, драматург, прозаик сэтинньи 6 күнүгэр 70 сааһын туолар.

  • 1950 сыллаахха сэтинньи 6 күнүгэр Амма улууһугар Соморсун нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
  • 1968 с. — оскуоланы бүтэрээт, колхозка трактористаабыт.
  • 1969—1974 сс. — Саха государственнай университетыгар үөрэммит.
  • «Кыым» хаһыакка корреспонденнаабыт.
  • 1982—1985 сс. — Саха Сирин суруйаччыларын Сойууһун иһинэн тэриллибит художественнай литератураны пропагандалааһыҥҥа Бүтүн Сойуустааҕы бюро Дьокуускайдааҕы салаатыгар сэбиэдиссэй.
  • 1984 с. — эдэр суруйааччылар Бүтүн Сойуустааҕы VII сүбэ мунньахтарыгар кыттыыны ылбыт.
  • 1986 с. — ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
  • «Саха Сирэ» хаһыат корреспондена.
  • 2012 сылтан Олонхо Театрын литературнай-драматическай хайысхатын салайааччыта. 
Айар үлэтэ 1975 сыллаахха саҕаламмыт. 1980 сыллаахха «Аммаҕа саас этэ» пьесата Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһа уонна Саха АССР культуратын министерствота ыыппыт конкурстарыгар үһүс бириэмийэни ылбыт. Бу пьесаны 1982 сыллаахха П. А. Ойуунускай аатынан Дьокуускайдааҕы драмтеатр туруорбут. «Далекая, близкая война» драмата биһирэнэн, Саха АССР культуратын министерствота Кыайыы 40 сылыгар оҥорбут конкурсугар бастакы бириэмийэни ылбыт. Драмаларыгар Харысхал тыыл үлэһиттэрин, кинилэр сэрии кэмигэр эр санаалаах үлэлэрин көрдөрөр. Кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ, очеркалара республика араас хаһыаттарыгар, «Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэллэр.

Саха театрын сценатыгар туруоруллар пьесалара

  • «Аммаҕа саас этэ», режиссер Ф. Потапов
  • «Сэрии тыйыс тыына», режиссер В. Фомин
  • «Эргиллиэм хайаан да»
  • «Бастыҥ хатыыта»
  • «Кэт Марсден. Үтүө санаа аанньала»
  • «Көмүөл», режиссер А. Борисов
  • «Мин хайаан да эргиллиэм»

«Ааспыт кэм аартыктарынан»

Василий Харысхал дойду уонна тас дойдулар архивтарыгар сыралаахтык үлэлиир. Саха Сирин историятыгар сыһыаннаах матырыйаалы көрдөөн, АХШ, Япония, Кытай, Финляндия архивтарыгар сүүһүнэн докумуоннары чинчийбит, үөрэппит. Москваҕа, Санкт-Петербурга баар архивтарга, музейдарга уонна библиотекаларга барыларыгар кэриэтэ сылдьан политическай ссылка, ГУЛАГ, репрессия историяларыгар туһааннаах матырыйааллары кичэйэн үөрэппит. Бу сыралаах үлэтин түмүгэр 2002 сыллаахха репрессияҕа түбэспит уонна тас дойдуларга күрээн барбыт саха дьонун дьылҕаларын туһунан «Ааспыт кэм аартыктарынан» кинигэтэ бастакы чааһа күн сирин көрбүтэ. 

***
Сэтинньи 4 күнэ – Норуот Сомоҕолоһуутун күнэ. Бу бырааһынньык дириӊ ис хоһоонноох. 1612 сыл сэтинньи 4 күнүгэр Кузьма Минин уонна Дмитрий Пожарскай баһылыктаах норуот хамсааһына дойду киинин Москваны тас талыбырдьыттартан быыһаабыта уонна быыһык кэми түмүктээбитэ. Историческай уонна уларыта тутуулаах 1612 сыл Улуу государство олохтонуутун саҕаланыытынан, билиӊӊи Россияны түстээбитэ.
      2004 сыл ахсынньы 6 күнүгэр РФ Госдумата «Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ» диэн саӊа бырааһынньыгы киллэрэргэ дьаһал таһаарбыта. Бу күн Россия киэӊ киэлитигэр олорор бары норуоттар эйэ дэмнээхтик, доҕордуу бииргэ олорууларын бигэргэтэр, Аҕа дойдубут инники кэскилигэр сүӊкэн эппиэтинэһи тэӊӊэ сүгэрбитин бэлиэтиир, норуот модун уонна баай дуохубунай ис кыаҕын көрдөрөр сүдү суолталаах. Биһиги төһө да араас итэҕэллээх, культуралаах дьон буолларбыт, биһиги күүспүт - сомоҕолоһууга.






Комментарии

Киирэн көр

Форма обратной связи

Имя

Электронная почта *

Сообщение *